Пиастр
From Wikipedia, the free encyclopedia
Пиастр — испанскай талер (песо) аата, 25 г ыйааһыннаах үрүҥ көмүс манньыат. Испания талера 8 реалга тэҥнэһэр, мантан ааҥл аата төрүөттэммит (ааҥл. «piece of eight», восьмерик).
Пиастр аатын төрүөтэ ит. piastra — «плитка», бастаан бу манньыаттар үрүҥ көмүс плиткалар этилэр — ит. piastra d'argento.
Манньыат аҕыс (ааҥл. bit) эбэтэр түөрт (ааҥл. quarter) чаастарга үллэһиллиэн сөптөөҕө. Итинтэн 25 цент сыаналаах американскай манньыаттар ааттара төрүттэммит — «quarter» (чиэппэр) уонна «two bits» (икки куһуок).